Орто туруу-бараан дойдуга олох олорорбут тухары ис-тас турукпут ситимин быспакка олорор, үүнэр-сайдар, үлэлиир-хамсыыр сирбититтэн саҕалаан айар-тутар саҕахтары арыйарбытыгар барыта тупсаҕай, оруннаах, кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар, уһуйар күүстээх буоларын ситиһиэхпитин наада.
Маннык сыалы-соругу туруорунан Хатастааҕы 70 нүөмэрдээх “Кэрэчээнэ” уһуйаана “Сир симэхтэрэ” диэн эбии бөлөҕүн уораҕайын олбуорун тиэргэнигэр оҕо-аймах салгыҥҥа сылдьан дьарыктанарыгар, күн эгэлгэтэ тэрээһиннэри ыытар анал оҥоһуулаах былаһаакка арылларыгар туһуламмыт үлэни ыытарга ааҕан-суоттаан, үпкэ-харчыга, матырыйаалга тиийэ торумнаан, 2017 сылтан саҕалаан үлэлиир, дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылбыт СӨ “Олохтоох дьон көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагыраама” чэрчитинэн үбүлээһини көрдөрөргө ылыстылар.
Бу бырагыраама ирдэбилинэн нэһилиэнньэ өйүүрэ булгуччулаах. Бу ирдэбили уһуйаан төрөппүттэрэ үөрүүнү кытта сөбүлэстилэр.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас