Күөх кырдаллаах, сибэккилээх хонуулардаах Үс Хатыҥ дьоһун туонатыгар тоҕус улуус туйгуннара тоҕуоруһан, аҕыс улуус ааттаахтара алтыһан, биэс улуус бэртэрэ булсан, түөрт улуус туруулара түмсэн күүс холоһон, кыах тургутуһан ыллылар, дьону-сэргэни сэргэхситтилэр. Биир саамай күүтүүлээх-кэтэһиилээх, сүрэх өрүкүйүлээх, ойон тура-тура ойуоккалааһыннаах, эргийэн кэлэ-кэлэ эккэлээһиннээх саха норуотун сатабылын, өркөн өйүн, сымсатын, кыаҕын көрдөрөр «Дыгын оонньуулара» ону чаҕылхайдык туоһулаата.
«Дыгын оонньууларыгар» уолан уолаттарбыт, ньургун дьоммут эрбии тииһин курдук тэҥҥэ эллэстилэр, бүтэһик көрүҥҥэ тиийэ бука бары хааллым диэн туран хаалбакка чорбойдум диэн уоскуйбакка, күөн көрсүһүү түһүлгэтигэр киирдилэр, баары-суоҕу барытын туһанан күлүмэх түгэннэри, чаҕылхай кыайыылары бэлэхтээтилэр. Бу туһунан элбэхтик сурулунна, кэпсэннэ, көрдөрүлүннэ. Онон мин бүгүҥҥү сонунум, кэрэхсэтэр кэпсээним «Ыраас сырдык санаа — үтүө майгыны саҕар» диэн өйдөбүлүнэн сиэттэрэн, үтүөкэн дьон үлэлиир тэрилтэтэ – Алексей Семенович Пинигин салайааччылаах «Прогресс» ХЭТ чулуукан уолбутугар – “Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕар Вячеслав Дьяконовка туттарбыт уу харчынан бириис туһунан буолуо.
Ханнык баҕарар дойду, судаарыстыба тутулуттан тутулуга суох оччоттон –баччаҕа диэри улуулары улуутута уруйдаан, ааттаахтары-суоллаахтары айхаллаан аан дойду таһымыгар тиийэллэр. Бу көстүү олох хайа баҕарар хайысхатыгар баар. Ол да иһин буолуо дорҕоонноох ааттары ааттыырга, кинилэри үрдүк үрдэлгэ үктэннэрэргэ көмө-тирэх буолар үтүө дьон баара, бааллар уонна баар да буолуохтара диэн эрэниэххэ. Көмө-тирэх сүбэ-ама, үөрэтии-такайыы эрэ диэн тутах өйдөбүл. Көмө-тирэх үп-харчы өттүнэн былыр да баара, билигин биһиги үйэбитигэр да баар. Кыахтаах кыахтаахтыын, күүстээх күүстээхтиин сарын сарыннарыттан даҕайсан, иилии тутуһан сырыттахтарына маннык үтүө быһыы-майгы тахсар. Алексей Семенович омос көрдөххө спортан балачча тэйиччи хайысхалаах – тутууга үлэлиир. Ол эрээри кини дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх, боччум бөлөсүөпүйэлээх буолан, салайар тэрилтэтигэр үлэлиир эдэр дьонун олоҕу киэҥник анааран, ырытан көрөллөрүгэр аартыктарын арыйар, суолларын булларар. Ону биһиги атастар эппитинэн-хааммытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан дьиҥ чахчы билэбит. Ол курдук нэһилиэкпит уопсастыбаннай олоҕор буолар үгүс элбэх тэрээһиҥҥэ кыра улахан диэбэккэ барытыгар көмөлөһөллөр – Баҕарахха спортивнай былаһаакка, нэһилиэк түмэлин олбуоругар Федорова П.П. бүүһүн постамена, эмиэ кини аатынан уулуссаҕа уот киириитигэр уо.д.а. ааҕан сиппэккин.
Бүгүн Хатаска төрдүс төгүлүн Туймаада ыһыаҕын «Дыгын оонньууларын» муҥур кыайыылааҕар ботуччу суумалаах уу харчынан бириис туттарылынна. Бу иннинэ үс туттарыы «Прогресс» ХЭТ хонтуоратыгар тэрээһин ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл «Тускул» КК киэҥ уораҕайыгар Хатас дьонун-сэргэтин хараҕын далыгар, уҕараабат ытыс тыаһыгар, уруй-айхал добун туругар буолан ааста. Бу түгэн өссө биир өрөгөйө, кылаан кырыыта Вячеслав Дьяконов көлүөнэ ситимин тута сылдьар айбыт аан дархан аҕата «Дыгын оонньууларын» алта төгүл кыайыылааҕа Николай Дьяконов дьоһун аатыгар сытар. Тоҥтон толлубат, тымныыттан чаҕыйбат, тостубат санаалаах эр бэртэриттэн бэйэтигэр ханыылаах, хаанынан тардыһыылаах, санаатынан далаһалаах, ис – тас туруктуун, быһыылыын-таһаалыын, көстөр көрүҥнүүн бииргэбит ээ диир көлүөнэ дьон ситимэ тахсаллар. Көҥүл хаҥыл тыынын хаайбакка ол эрээри бас баттах барбакка өйдөөн-дьүүллээн хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн толору дьоллоох олоҕу тутарбытыгар аҕа суолтата сүдү улахан. Бу туһунан эҕэрдэлэргэ, тыл этиитигэр этилиннэ.
Тэрээһиммит култуура да, спорт да өттүттэн, бөлүүн түһэн ааспыт дохсун ардах курдук, добун дорҕоонноох сулустаах ардах ортотугар ааста. Санаан көрүҥ, бүгүн биһиэхэ хатастарга аан дойду таһымнаах сүдү киһибит Павел Пинигини кытта саханы аар саарга аатырдыбыт, аатырда сылдьар Иван Белолюбскай, Николай Дьяконов, Иннокентий Макаров, Чурапчытааҕы спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев, СӨ үтүөлээх артыыскалара Сахаайа, Далаана, СӨ култууратын туйгуннара Валерий Корякин, Андреана, эстрадабыт биир мааны куолаһа Кирилл Матвеев уо.да. бааллара тэрээһин суолтатын, ис-хоһоонун дириҥэттилэр, кэҥэттилэр, киэргэттилэр, силигин ситэрдилэр.
Вячеслав Дьяконов сахалыы сэмэй майгыта, холку көрүҥэ, ис туруга тутта- хапта сылдьара, ис иһиттэн дьоһуна барыбытын да астыннарда. Субу бэҕэһээ тургутууну ааһан, тэҥнээхтэрин кытта эллэһэн, быыппастар былычыҥы күүрдэн, өй-санаа күүрүүтүн уйан кыайыылаах буолбут түгэнин сүрэхтиин-дууһалыын ылынан, уйулҕатын оннун булларан, санаатын сааһылаан салгыы үлэлииргэ бэлэм буолбут диэн сыаналаатыбыт. Кыайыылааҕы эҕэрдэлээри сааһын туола илик оҕоттон саҕалаан, 95 саастаах ытык киһибитигэр – Аркадий Михайлович Уваровскайга тиийэ бары көлүөнэ дьоно кэлбит.
Наталья Руфова, Хатас