22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатас - Павловскай хайысханан муус суол арылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Умнас» кыһыҥҥы суол Өлүөнэ эбэни туоруур Хатас — Павловскай хайысханан муус суол учаастага 10 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспардарга арылынна.

Быһаарыыны муус суолу бэрэбиэркэлиир анал хамыыһыйа таһаарда. Ол туһунан тырааныспар министиэристибэтэ СИА-ҕа кэпсээтэ.

Хатас — Павловскай муус суол икки балаһалаах, икки саппаас балаһалаах. Суол 10 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга уһуна 20 килэмиэтир.

«10 туоннаҕа диэри массыыналарга муус суол түһүмэхтэринэн арыллыаҕа. Муус халыҥыттан көрөн. Куттал суох буолуутугар нуорманы тутуһууга ыйааһыҥҥа хонтуруол уонна видеофиксация оҥоһуллар», — биэдэмистибэҕэ эттилэр.

Суоппардар баар быраабылалары тутуһан, сэрэхтээх буоларгытыгар министиэристибэ ыҥырар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА