22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хат буолууга, төрөөһүҥҥэ босуобуйа тохсунньуттан үрдүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньуттан хат буолууга, төрөөһүҥҥэ 140 күннээх уоппуска босуобуйатын муҥутуур кээмэйэ үрдүөҕэ.


Билигин хат дьахталлар муҥутаан 301 тыһ. солкуобайы ылар буоллахтарына, тохсунньу 1 күнүттэн бу суума 322,1 тыһ. солкуобайга тиийэ улаатта. Ону тэҥэ, оҕо балтараа сааһыгар диэри көрөн олорорго ылар ыйдааҕы босуобуйа муҥутуур кээмэйэ эмиэ үрдээтэ.

Билигин ийэлэр ыйга муҥутаан 26 тыһ. солк. ылар буоллахтарына, 2020 сылтан 28 тыһ. солкуобайга тиийэ ылыахтарын сөп. Бу босуобуйа суумата ийэ хамнаһын кээмэйиттэн тутулуктаах. Босуобуйа кээмэйин ааҕарга икки кэнники сылга ылбыт хамнастан тирэҕирэллэр. Ол эрээри манна хааччахтыыр кээмэй баар. Холобур, 2018 сылга Социальнай страховка пуондатыгар төлөммүт страховой усунуос хааччахтыыр кээмэйэ – 815 тыһ. солк., 2019 сылга – 865 тыһ. солк.

Ааптар: Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА