Саха сиригэр автономия тэриллибитэ 100 сылыгар хамаҕатталар Өрөгөйдөрүн ырыатын күргүөмнээхтик толордулар.
Нэһилиэк, Саха-француз лицей киэн туттар «Добун дорҕоон» уолаттара «Чулуу киһи Максим Аммосов» литературнай композицияны доргуччу аахтылар. Анна Слепцова Ангелина Файрушина «Сахам сирэ» ырыатын биир дойдулаахтарыгар ыллаан бэлэхтээтэ.
Хамаҕатта олохтоохторо бука бары сахалыы таҥастаах Сомоҕолоһуу оһуохайын толордулар. Дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанан, аны түөлбэлэринэн күрэхтэһиилэр саҕаланан бардылар, көрү-нары көҕүлүттэн туттулар. Ол курдук, түөлбэлэр күүстэрин ойбонтон уулааһыҥҥа, тутум эргииргэ, канат тардыһыытыгар холостулар.
Олохтоох дьаһалта уонна «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинэ ыалдьыттары саха маанылаах аһынан күндүлээтэ. Ким манна кэлбит ис, собо миинин, арыылаах алаадьы амсайда.
Ааптар: Харысхан Попов, Нам улууһа