«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 27 күнүттэн «Халыма» трасса муус суолугар массыыналарга 30 туоннаҕа диэри ыйааһыннаахтар айанныылларыгар көҥүл бэрилиннэ.
Алдан эбэни туоруур «Халыма» трасса Р-504 учаастагар муус суолга техникаларга 30 туоннаҕа диэри көҥүллэннэ. Куттал суоһаабатыгар уонна сэрэхтээх балаһыанньа үөскээбэтигэр «Бүлүү» суол управлениета суоппардар көҥүллэммит ыйааһыны тутуһаргытыгар сэрэтэр.