Суол кытыытынааҕы инженернай инфраструктураны үс сыл болдьохтоох тутарга «Халыма» федеральнайдааҕы трассаны кыйа сир учаастага тыырыллар, уопсай иэнэ 109 730 кв м, баайга-дуолга министиэристибэ иһитиннэрэр.
Интэриэһиргээбит дьон тыырыллар сир учаастагын схематын уонна сир учаастактарын кадастровай нүөмэрдэрин «Бүлүү» суол управлениетыгар билсиэххитин сөп: Дьокуускай, Хабаров аатынан уулусса, 21/6 нүөмэрдээх дьиэтэ, үлэ бириэмэтигэр.
Росавтодор ааҕыныстыба туһааннаах дьаһала 2022 сыл муус устар 1 күнүгэр № 925-р тахсыбыта. Докумуону «Бүлүү» суол управлениетын сайтыгар көрүөххэ сөп.
Сир учаастактарын манна көр.