Муниципалитеттар баһылыктара сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ компенсацияны биэриини саҕалыахтара. Бу туһунан ЧС өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньаҕар этилиннэ, суруйар СИА.
«Эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүрү биэрии бу нэдиэлэҕэ саҕаланыахтаах», — бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезников баһылыктарга сорудахтаата.
Маны сэргэ муниципальнай, улуустар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи суоллар туруктарыгар болҕомто ууруллара ирдэнэрин эттэ. «Инфраструктураны түргэнник уонна суһаллык чөлүгэр түһэрэргэ», — диэтэ.
Халаантан сэттэ муниципалитекка 306 киһи олорор 97 дьиэ эмсэҕэлээтэ. Ордук Дьокуускай, Жатай, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын олохтоохторо.
Сиһилии https://ysia.ru/vyplachivat-kompensatsii-postradavshim-ot-pavodka-v-yakutii-nachnut-na-etoj-nedele/