Халаантан эмсэҕэлээбит улуустарга үбүнэн көмөнү бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан тыырыахтара. Чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга олохтоох былаастар чинчийии аакталарын толоруохтаахтар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ сааскы халаан уутуттан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ алта оройуоҥҥа биллэриллэн турар: Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Таатта, Кэбээйи уонна Анаабыр. Эрдэ Горнай оройуонугар баара.
Халаан уутун балаһыанньатын бэс ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб мунньаҕар көрдүлэр, бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников салайан ыытта.
«Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэриигэ өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондатыттан үбүлэниэҕэ. Олохтоох былаастар хамыыһыйалары тэрийэн, чинчийии аакталарын толоруохтаахтар, ЧС эрэһиимэ уһуллубутун кэннэ биир ый болдьохтоох», – диэтэ Садовников.
Саха сиригэр олохтоох суоллары чөлүгэр түһэрии суумата улаатта, 50 тыһ солк — 100 тыһ солк тиийдэ. Бу сууманы суол пуондатыттан ыытыахтара.
Салайааччы муниципалитеттар баһылыктарын сөптөөх үлэлэригэр махтанна. Эрдэттэн гидрометеорологтар үчүгэйэ суох борогунуос баарын эппиттэрин, элбэх сөҥүү түспүтүн үрдүнэн, халаан уута улахан хоромньута суох ааста.
Билигин суһал штаб болҕомтотугар Таатта улууһун Чөркөөх, Боробул, Кыйы, Ытык-Күөл нэһилиэнньэлээх пууннара бааллар.
Анаабырга Сааскылаахха балаһыанньа кытаанах. 11 тиэргэн уонна биир чааһынай дьиэ, биэс элбэх кыбартыыралаах дьиэ, аэропорт көтөр балаһата ууга тураллар.
Муус Өлүөнэ, Халыма, Дьааҥы, Индигирка эбэлэргэ салгыы устар. Уу таһыма кутталлаах бэлиэттэн намыһах.