18 Ахсынньы 18.12
  • -33°
  • $ 103
  • 108,34

Хаданнар спортивнай комплекстаннылар

15:08, 11 декабря
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаар улууһугар «Тустуу көбүөрүн профессора» Альберт Захаров аатынан саҥа спортивнай комплекс үлэҕэ киирдэ.

Спорт эйгэтигэр дириҥ устуоруйалаах, элбэх спортсмен уутуйан үөскээбит Хадан нэһилиэгэр спортивнай комплекс үөрүүлээх түгэҥҥэ арылынна. Саҥа эбийиэккэ «Тустуу көбүөрүн профессора» диэн аатынан норуот тапталын ылбыт, аатырбыт тустуук Альберт Захаров аатын иҥэрдилэр.

Тыа сиригэр үүнэр көлүөнэни сөпкө иитэн таһаарыыга уонна нэһилиэнньэ чөл туруктаах, чэгиэн-чэбдик буоларын ситиһэр сыаллаах, бу эбийиэги улуус бэйэтин үбүнэн 2019 сылтан тутан саҕалаабыта.

5 сыл устата, барыта түөрт бэдэрээччит үлэлээтэ. Дьокуускайтан кэлэн үлэлээбит Александр Егоров тэрилтэтэ тиһэҕэр тириэрдэн, үлэ үчүгэй түмүктээх буолла.

Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр Хадан көстүүтэ биллэ тубуста. Киирээти кытта саҥа сквер, сырдык уотунан хааччыллыбыт суол-иис үөрэ көрсөр. Ону тэҥэ, саҥа тутуулары ылан көрдөххө биэксэр-акушер пууна тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Быйыл «Хаарбах туруктаах дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү» программанан 4-түү квартиралаах икки тэбис-тэҥ дьиэ тутуллан олохтоохтору үөрдүбүтэ.

Онтон бу сабыс-саҥа, сып-сырдык саҥа дьиэҕэ култуура, спорт тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка ыытыллыахтара. Онон тыа сирэ сайдар, тупсар, чэчириир, суруйда @suntaar_ulus

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова