23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хачыкаат ийэлэрин ситиһиилэрин киэн тутта кэпсиибит

18:02, 19 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хачыкаат нэһилиэгин “Сарыал” култуура киинин иһинэн “Талбан” уонна “Чэбдик”  түмсүүлэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр.  Кэрэни айааччы, тарбаҕар талааннаах,  дьулуурдаах-тулуурдаах, чөл олоҕу пропагандалыыр, аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр  биһиги ийэлэрбит, эбээлэрбит дьарыктаналлар.


Быйылгы сыл төһө да олохпутугар уратылаах буоллар, Хачыкаат далбар хотуттара  бириэмэ-быыс булан сиэдэрэй айымньылары айан оҥорбут үлэлэринэн куйаар ситимин нөҥүө ыытан, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр  кытталлар. Самаан сайын устата үгүс тэрээһиннэргэ ситимин быспакка үлэлээтилэр.

“Талбан” түмсүү иистэнньэҥнэрэ Петрова Светлана Михайловна  уонна  Нестерова Галина Гаврильевна  Хаҥалас улууһун чиэһин көмүскээн, быйыл Туймаада ыһыаҕар  ыытыллыбыт  ат симэҕин  “Күн дьөһөгөй” күрэххэ  бочуоттаах  бастакы уонна үһүс  миэстэни ыллылар. Светлана Михайловна  бу ыһыахха сахалыы таҥас-сап киэргэлин  уонна “Күн төгүрүк саха алаадьыта”  күрэхтэргэ эмиэ бастакы миэстэни ылан өрөспүүбүлүкэҕэ  кыайыылааҕынан таҕыста. Элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, үгүс сиэн эйэҕэс эбэтэ Нестерова Галина Гаврильевна Хаҥаласка куйаар ситиминэн ыытыллыбыт Эркээни ыһыаҕар  “Оһуор–мандар ойуулаах дьиэ кэргэнин сахалыы таҥаһа” күрэххэ бастакы үрдэллээх дипломунан наҕараадаланна.

Хачыкаат кэрэ айылҕалаах сирин-уотун хаартыскаҕа түһэрэн “Чэбдик” түмсүүттэн Петрова Светлана Михайловна уонна Лиханова Надежда Мироновна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Арчы Дьиэтэ”  ыыппыт “Көмүс күһүнү уруйдаан” уонна “Сир симэҕэ сиэдэрэй сибэккилэр”  хаартыска күрэхтэригэр ситиһиилэннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА