Бэҕэһээ, бэс ыйын 25 күнүгэр, Абаҕа нэһилиэгэр бөдөҥ тобурах түстэ. Нэһилиэк олохтооҕо Мария Ноговицына этэринэн, тобурах оҕуруотчуттарга хоромньу таһаарбыт. Ордук пекинскэй хаппыыста уонна сүбүөкүлэ эмсэҕэлээбит.

Бу күннэргэ Амма улууһугар күн-дьыл туруга мөлтүөҕэ диэн синоптиктар сэрэтэллэр. Бэс ыйын 27 күнүгэр сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри тыаллаах ардаҕы кытары тобурах түһэрэ күүтүллэр.
Источник: Амма олоҕо хаһыат телеграм-ханаала