22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата салгыы үлэлиэҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Владимир Путин пресс-конференциятын кэмигэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата салгыы үлэлиирин эттэ. Тосхол «Дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн салаллар, суруйар СИА. 

«Биһиги дьону хаарбах дьиэттэн таһаарыахтаахпыт», — диэтэ Владимир Путин«Саамай сүрүн чааһа — бырагыраама салгыы ыытыллыа дуо? Үбүлээһин көрүллүө дуо? Баар буолуоҕа. Бырагыраама бэлэмнэнэр», — диэтэ кини.

Саха сирэ бырагыраамаҕа хаһыс да сылын көхтөөхтүк кыттар. Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ ыҥырыытыгар бэлиэтээбитинэн, быйыл хаарбах дьиэттэн 12 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Бу бастыҥ көрдөрүү.

«Бырагыраама чэрчитинэн Арктикаҕа дьиэлэр тутуллаллар. Биэс Арктика улууһугар 11 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Сыл бүтүөр диэри өссө икки дьиэ Үөһээ Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ киириэхтэрэ. Куораттарга, улуустарга тутуллар. Лидер – Алдан оройуона, сыл устата сэттэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна. Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга алталыы саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ», — диэтэ Ил Дархан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА