Хаҥалас улууһугар 23246 туонна сүөһү-сылгы аһын бэлэмнээтилэр. Ол иһигэр 500 туонна сиилэс, 200 туонна сенаж. От 16,7 тыһыынча гектарга охсуллубут. Бу туһунан СИАҕа Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Бөртө», «Иһит», «Хахсык» тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Кинилэр былааннарын 77%, 83%, 78% толорон иһэллэр. Улахан Аан крестьянскай-фермерскай хаһаайыстыбалара 2000 туонна былааннаахтарыттан 1600 бэлэмнэммиттэр, Булгунньахтаахтар 1605/2150. Улуус баһылыгын солбуйааччы Олег Иринеев быйыл от үүнүүтэ үчүгэйин, уһун ардахтар суохтарын бэлиэтиир.
Билигин ходуһаҕа балтараа тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Отчуттар күһүҥҥэ диэри оттуур былааннаахтар.