Уулаах-Аан нэһилиэгин 80% олохтооҕо коронавирус быһыытын ыланнар, кэллэктиибинэй иммунитет үөскэппиттэрин иһин, саҥа амбулаторияны тутуохтаахтар. Мэдэссиинэ пуунун 2022 сыл доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөх звеноларын саҥардыы бырагырааматын чэрчитинэн тутуохтара.
Саҥа балыыһа биир кэмҥэ 18 киһини көрөр кыамталаах буолуоҕа. Итиэннэ фельдшер суһал медицинскэй көмөнү оҥоруоҕа, төрөппүт уонна оҕо патронажтарын тэрийиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев ыйааҕынан, Эбээн- Бытантай, Муома, Аллайыаха, Эдьигээн уонна Аллараа Халыма оройуоннара доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар 1 мөл. солк. вакцинацияны ылыыларын көрдөрүүтэ үрдүгүн иһин ылбыттара.