Покровскайга спорт дыбарыаһыгар, дзюдоҕа норуоттар икки ардыларынааҕы матчевай көрсүһүү буолан ааста. Манна, , Саха сирин оҕолорго сүүмэрдэммит хамаандата, Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолаларын иитиллээччилэрэ уонна Покровскайтан «Хотой» өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолатын хамаандалара кытыннылар.
Бу турнир сүрүн тэрийээччитэ, «Хотой» өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуола дириэктэрэ, РФ, СӨ үтүөлээх тириэнньэрэ, Илиҥҥи күөн көрсүү көрүҥэр норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Александр Куприянов:
— Ааспыт сылга Монголия уонна Покровскайтан «Хотой» өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолатын хамаандаларын икки ардыларыгар матчевай көрсүһүү буолбута. Ону сайыннаран быйыл Монголия, Дьокуускай к. хамаандаларын уонна өрөспүүбүлүкэҕэ сүүмэрдэммит оҕолору ыҥыраммыт, үлэлээтибит. Барыта түөрт хамаанда кииристэҕинэ, биһиги оҕолорбут омук оҕолорун кытта күрэхтэстэхтэринэ, уопуттара улаатар, эрэллэрэ күүһүрэр.
Монголияттан быйыл толору хамаанданан кэллилэр. Тириэнньэрдэрэ Наганз Батготов, 1985 с. самбоҕа аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс призера, 1986 с. үһүс призера, дзюдоҕа Монголия өрөспүүбүлүкэтин үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кини иитиллээччитэ, бу соторутааҕыта оҕолорго аан дойду күрэхтэһиитигэр призердаата. Хаҥалас улууһа уонна Монголия столицата Улан-Батор Чингэлтэй оройуона бырааттыы куораттарынан буолаллар. Ити үтүө сыһыан олохтонон, биһиги оскуолабыт сыллата Монголияҕа баран түмсүүлээхтик үөрэтэр эрчиллиилэргэ сылдьар. Бу матчевай көрсүһүүгэ киирсэ сылдьар оҕолортон быйыл сайын ыытыллар VI «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы Оонньууларга кыттыахтара диэн эрэллээхпин.
Түмүккэ «Бастыҥ спортсмен» аатын Монголия кэскиллээх дзюдоиһа Цогтгэрэл Хишигбаяр (тириэнньэрэ Н.Батготов), бастыҥ албастардаах спортсменынан Покровскайдааҕы «Хотой» оскуолатын Алданнааҕы салаатын иитиллээччитэ Артем Дедов (тириэнньэрэ Т.Еросейнов), Саха өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Сергей Федоров, Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолатын Дьокуускайдааҕы салаатын иитиллээччитэ Руслан Кричко (тириэнньэрэ А.Адылканов) уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бастыҥ судьуйатынан Баяржаргал (Монголия, дзюдо тириэнньэрэ) ааттаннылар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы матчевай көрсүһүүгэ, түмүккэ Монголия хамаандатын оҕолоро кыайыылааҕынан буоллулар. Иккис миэстэҕэ Покровскайтан «Хотой» өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолатын дзюдоистара таҕыстылар уонна үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ тигистилэр.