Ыам ыйын 13 күнүгэр Өлүөхүмэ куоратын чугаһыгар Өлүөнэ эбэ мууһун хамсатта. Борогунуос быһыытынан, кэлэр биир-икки сууккаҕа өрүс Хаҥалас улууһун туһаайыытынан арыллара сабаҕаланар.
Өрөбүл киэһэ муус барыытын аллара кытыыта Өлүөхүмэ оройуонун Саҥыйахтаах сэлиэнньэтин үөһэ өттүгэр бэлиэтэнэр. Хороҕо уу таһыма 962 см, кутталлаах бэлиэтэ — 1000 см.
Өлүөхүмэ куоракка муус хамсаата. Уу таһыма 899 см (+39 см 4 чаас иһигэр), кутталлаах бэлиэ — 1250 см.
Дабаан гидропоһун таһыгар уу таһыма бэлиэттэн намыһах, муус хойуутук устар.
Хаҥалас улууһугар уу таһыма эбиллэр, кытыытыгар уу таҕыста. Кэлэр сууккаҕа манна Өлүөнэ эбэ арыллара сабаҕаланар.