22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаҥалас улууһугар сосиска баартыйатыгар күүстээх антибиотик буллулар

Фото: Управление Россельхознадзора по Амурской области и Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаҥалас оройуонун биир уһуйааныттан антибиотиктаах сосиска баартыйатын буллулар. Бородууксуйа уһуйаан иитиллээччилэрин аһатарга анаммыт, диэн Россельхознадзор управлениета иһитиннэрэр.

Сосиска баартыйата Дьокуускайтан кэлбит. Кэлбит бородууксуйаны бэрэбиэркэлии сылдьан, ынах сүөһү ыарыытын эмтиир уонна сэрэтэр сыаллаах туттуллар ципрофлоксацин антибиотигын буллулар. Бу антибиотик киһиэхэ аллергияны көбүтүөн, этин-сиинин бааһырдыан сөп.

Кэлбит баартыйа сороҕотун бэрэбиэркэ иннинэ туттубуттара бэлиэтэнэр. Быһылаан чахчытын биэдэмистибэлэргэ ыыттылар, тустаах миэрэни ылыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар