22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаҥалас улууһугар сэдэх кыыллар уҥуохтарын буллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бэстээх нэһилиэгэр АО «РИК Автодор» карьерыгар үлэлии сылдьан былыргы кыыллар уҥуохтарын буллулар. Быһа холоон, носорог уҥуоҕа, бизон муоһа, хаар бараан баһын уҥуоҕун, мамонт тоноҕоһун уҥуоҕун, диэн СИА оройуон хаһыатыгар  сигэнэн кэпсиир.

Биллиилээх палеонтолог, «Эллэйада» оҕо научнай экспедициятын салайааччыта Прокопий Ноговицын иһитиннэрбитинэн, булуллубут уҥуохтары барытын учуонайдар туппуттар, уонна уҥуох көстүбүт сиригэр бырамыысаланнай үлэ мантан ыла барбат. Сайын манна экспедиция чилиэннэрэ уонна палеонтологтар чинчийэр былааннаахтар.

«Хаар бараан баһын уҥуоҕун Саха сирин территориятыгар сэттиһин буллулар, оттон аан дойду үрдүнэн барыта 30- ча маннык булумньу баар», — диэн Ноговицын иһитиннэрдэ.

Манна даҕатан эттэххэ, бу оройуоҥҥа ураты уҥуохтары булуу бастакы түгэнэ буолбатах. Урут манна бөдөҥ мамонт, былыргы бизон, түүлээх носорог, ленскэй ат уҥуохтарын булан турардаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА