Хаҥалас улууһугар 100-тэн тахса ыалга кыһыҥҥы муустарын бэлэмнээтилэр

Хаҥалас улууһугар 100- тэн тахса ыалга муус бэлэмнээн аҕаллылар. Бу туһунан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Юрий Никифоров кэпсээтэ.

«Бу акция биһиги нэһилиэктэрбитигэр сылын аайы ыытыллар. Быйыл маннык аадырыстаах көмө аҥардас ийэлэргэ, саастаахтарга уонна соҕотох олорор эрэ дьоҥҥо буолбакка, быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр эмиэ көмө оңоһулунна», — диэн баһылыгы солбуйааччы иһитиннэрдэ.

This post was published on 16.11.2022 16:05 16:05