Госдуума дьокутаата Борис Чернышев кумааҕы квитанцияттан аккаастаммыт дьоҥҥо ОДьКХ төлөбүрүгэр чэпчэтии оҥорор туһунан этии киллэрдэ. Суругу Тутуу уонна ОДьКХ миниистиригэр Владимир Якушевка ыытта.
Күн бүгүн хомунаалынай өҥө квитанциятын кумааҕынан уонна электроннай көрүҥүнэн ылыахха сөп. «Өскөтүн дьиэлээх киһи ОДьКХ өҥөтүн онлайн төлөөтөҕүнэ, эбэтэр электроннай квитанцияны туһаннаҕына, кумааҕыга уонна почта өҥөтүгэр ороскуот кыччыыр, ол иһин хомунаалынай төлөбүргэ чэпчэтиинэн туһаныан син», — диэн Чернышев быһаарар.
Ол эрэн, уруккулуу кумааҕы квитанцияны ылыан баҕалаах дьоҥҥо ону тиксэриэхтэрэ диэн чуолкайдаата кини. Бу туһунан «МК.РУ» иһитиннэрэр https://www.mk.ru/economics/2020/02/13/v-gosdume-predlozhili-sdelat-rossiyanam-skidku-na-oplatu-kommunalki.html