Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, үлэ сокуонун тутуһууга туһуламмыт судаарыстыбаннай хонтуоруолу тупсарар сокуон барылын Госдуума бастакы ааҕыыга ылынна.
Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтээн эппитинэн, федеральнай сокуон барыла үлэһит дьон бырааптарын көмүскүүргэ аналлаах.
Докумуоҥҥа маннык этиилэр киирдилэр:
— үлэни биэрээччи үлэ сөбүлэҥэр ыйыллар эбээһинэһин толорорун хонтуруоллуур судаарыстыбаннай кэтэбили олохтооһун;
— инбэлииттэргэ 30-тан итэҕэһэ суох халандаарынай күннээх сыллааҕы төлөбүрдээх уоппусканы биэрии;
— хамнаһы төлүүргэ бытаарыы тахсарын хонтуруоллуур биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйалары тэрийии;
— производство тохтууругар, эбэтэр атын тэрилтэ үлэһиккэ наадыйар буоллаҕына, үлэһит сөбүлэҥинэн, үлэтин хайысхатынан, быстах кэмҥэ атын үлэҕэ көһөрүү.
«Быстах кэмҥэ атын үлэҕэ көһүү, үлэһиккэ туруктаах дохуота оннунан хааларыгар көмөлөһүөҕэ, онтон үлэ биэрээччигэ кэнникитин каадырын бэйэтин кэллэктиибигэр төнүннэрэригэр кыах биэриэ. Онуоха үлэһит бастакы үлэтин дуогабара көтүрүллүбэт, дьайыытын тохтотор эрэ. Маннык быһаарыы кэминэн үлэлиир дьарыктаах буолуу (сезонная работа) эйгэтигэр эмиэ тоҕоостоох буолуон сөп», — диэн быһаарар Вячеслав Володин.
«Бу көннөрүү биһиги өрөспүүбүлүкэбит усулуобуйатыгар олус наадалаах дии саныыбын, тоҕо диэтэр, кэминэн үлэлиир вахтовай үлэһиттэри таарыйыаҕа. Өрөспүүбүлүкэбитигэр хамнас бытаарыытын боппуруоһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэммит биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамнаһы уонна страховой усунуоһу иэһэ суох төлөөһүнү хонтуруоллуур хамыыһыйа үлэлиирин бэлиэтиэххэ наада. Итиэннэ бу сокуон ылыллыбытын кэннэ Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр маннык хамыыһыйалар тэриллиэхтэрэ», — диэн Ил Түмэн Социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бэлиэтээтэ, суруйда Саха парламент саайт.