Үлэ, социальнай бэлиитикэ, бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ярослав Нилов, наҕараада ылбатах эрээри ирдэнэр болдьохтон биэс сыл уһуннук үлэлээбит дьоҥҥо бочуоттаах аат иҥэриллиэн наада, диэн эттэ.
Ону кытта идэлээх сойуустар боломуочуйаларын кэҥэтэр туһунан толкуйдуохха наада, “Үлэ бэтэрээнэ” ааты иҥэриини кинилэр туруорсар кыахтаналларын курдук, диэн Нилов эбэн эттэ.
Санатан эттэххэ, «Үлэ бэтэрээнэ» бочуоттаах аат билигин 25 сыл үлэ ыстаастаах эр дьоҥҥо уонна 20 сыл үлэ ыстаастаах дьахталларга, ону тэҥэ ирдэниллэр биэнсийэ сааһын туолбут дьоҥҥо бэриллэр. Ол гынан баран ирдэнэр усулуобуйанан биэдэмистибэ туттарбыт бэлиэлээх эбэтэр судаарыстыбаннай наҕараадалаах буолуохтаахтар, суруйда Саха сирэ саайт.





