Бүгүн, от ыйын 15 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 22 ойуур уота 14207,50 гектары хабан умайар. Итинтэн 2863,50 гектардаах тыаҕа 8 уот эргитилиннэ.
Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барытыгар үлэлиир. Уруккутун курдук, Горнай уонна Нам улуустара ордук уустук балаһыанньалаахтар. Саамай улахан уот Горнайга Солоҕон нэһилиэгин Өрт сэлиэнньэтиттэн чугас суоһуур, бүтэһик күҥҥэ 900 гектарынан улаатта. Онон баар күүһү барытын бөһүөлэги быыһыырга бырахтылар. Ыаллыы улуустартан көмөҕө кэллилэр уонна Амур уобалаһыттан, Забайкалье кыраайыттан авиабаһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ тардылыннылар. Горнай улууһугар барыта 187 киһи 18 тиэхиньикэ күүһүн туһанан үлэлиир. Бу кэмҥэ Нам улууһугар 2 улахан уоттаахтар. Модуттан уот чугас гынан баран, бөһүөлэккэ суоһаабат. Намҥа уоту утары 188 киһи 13 тиэхиньикэ көмөтүнэн охсуһа сылдьар.
Ойуур уота тэнийэригэр куйаас уонна кураан күн-дьыл “көмөлөһөр”. Аҕыйах хонуктааҕыта Иркутскайтан “Веер” установкалаах Ан-26 сөмөлүөт кэлэн, былыттары ытыалаабытын кэнниттэн кыратык ардаата эрээри, көдьүүһэ кыра буолла. Саха сирин ойуурдарыгар көрдүгэннээбит уоту утары барыта 637 киһи, ол иһигэр Амуртан, Забайкальеттан уонна Читаттан Авиалесоохрана үлэһиттэрэ, охсуһа сылдьаллар. Тыаҕа уот туруутун кэтээһиҥҥэ уонна умуруорууга Ан-2 сөмөлүөт уонна икки Ми-8 бөртөлүөттэр туһаныллаллар.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru