Мытаах нэһилиэгэр Саха норуодунай суруйааччыта, Максим Горькай аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Платон Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Софрон Данилов Саха норуотун маҥнайгы кэнгириэһигэр эппит дакылаатын 30 сылыгар ананан тахсыбыт “Народ саха на пути созидания” (“Саха норуота барҕарыы суолунан”) кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Кинигэ «Дани Алмаас” кинигэ таһаарар кииҥҥэ 450 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэни оҥордулар: редактор-оҥорон таһаарааччы – Горнай улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Сардана Степановна Стручкова, редакционнай хамыыһыйа – Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим, Мытаах музей-галереята. Кинигэ “Горнай улууһа” муниципальнай оройуон уонна “Мытаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии үбүлээһиннэринэн таҕыста.
Софрон Даниов «Саха норуота барҕарыы суолунан” дакылата сахалыы уонна нууччалыы тылынан киирдэ. Дакылаат нуучча тылынан тылбааһын тылбаасчыт Любовь Семеновна Борисова оҥордо. Ыстатыйалары нуучча тылыгар тылбаастааһыҥҥа Марина Николаевна Андреева, Маргарита Юрьевна Максимова, корректураҕа Елена Александровна Пономарева үлэлэстилэр.
Кинигэҕэ:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев,
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев,
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай мунньаҕын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев,
— Горнай улууһун баһылыга Никита Викторович Андреев,
— Саха норуодунай поэта, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева,
— Саха норуотун 1 Кэнгириэһин делегата, Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин 2-с степеннэх уордьан кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Егоровна Тарасова,
— Саха норуотун 1 Кэнгириэһин делегата, Саха Өрөспүүбүлкэтин үтүөлээх учуутала, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Василий Игнатьевич Николаев дакылаат суолтатын, Софрон Петрович туһунан сүрдээх истиҥ ахтыылара киирдилэр.
“Правда” хаһыакка 1988 сыллаахха тахсыбыт Вадим Дементьев Софрон Даниловтан ылбыт “Наш собеседник –писатель Софрон Данилов “И только правда ко двору» интервьюта кинигэни байытан биэрдэ.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев,саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, “Аҕа дойдуга үтүөлэрин” иһин 2-с степэннээх уордьан кавалера, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун уонна Бэрдьигэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха норуотун 1 кэнгириэһин делегата Евдокия Тарасова, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, бэтэрээнэ, Мытаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтин депутата Федора Васильева тыл эттилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитин биир бэлиэ түгэнинэн Петр Денисович Аввакумов аатынан Киин библиотека Семен, Софрон Даниловтар олохторун, айар үлэлэрин туһунан кииннэммит библиотека сайтыгар оҥоһуллубут медиапортал сүрэхтэннэ. Аныгы цифровой эйгэҕэ сөп түбэһиннэрэн сүдү суруйааччыларбыт олохторун, айар үлэлэрин баай ис хоһоонноох медиа-портал ааптара, эдэр кэскиллээх библиотекарь Анастасия Сергеева билиһиннэрдэ.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт Соппуруон Петрович Данилов «Саха норуота барҕарыы суолунан” диэн олус дириҥ ис хоһоонноох дакылаата сайдыы суолун саҕар сырдык сирдьит, үтүө сүбэһит буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истин!
Ааптар: Айталина Санникова, библиотекарь, суруналыыс