Бу күннэргэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан республикабыт күннэрэ Москва куоракка ыытылла тураллар. Саха омук киэн туттуута, тумус киһитэ, норуот суруйааччыта Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах литературнай биэчэр Россия суруйааччыларын сойууһун дьиэлэригэр Москва куоракка буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ улуу убайбытын, горнайдар биир дойдулаахпыт Софрон Даниловы ахта-саныы СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ культураҕа уонна духуобунуй сайдыыга миниистир Юрий Куприянов, Саха суруйааччыларын союһун бэрэссэдээтэлэ, Саха народнай поэта Наталья Харлампьева, саха народнай суруйааччыта Николай Лугинов, Россия суруйааччыларын союһун бастакы сэкирэтээрэ Геннадий Иванов, улуус баһылыга Никита Андреев, Мытаах баһылыга Иван Петров, Софрон Данилов кыргыттара, Вера, Любовь Даниловалар уонна Саха Сирин, Горнай улууһун бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар, диэн суруйда Горнай улууһун дьаһалтата «Үлэ күүһэ» хаһыат телеграм-ханаалыгар.
Ыалдьыттар Софрон Данилов туһунан ахтыы оҥордулар, олоҕун туһунан бэрт элбэҕи кэпсээтилэр. Киэһээҥи тэрээһиҥҥэ суруйааччы хоһооннорун ырыа-тойук оҥорон, Саха Сирин биллиилээх артыыстара толордулар.