«Норуоппут дьылҕата: бэлиэтээһиннэр» кинигэ саха народнай суруйааччыта, бөдөҥ общественнай диэйэтэл Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө бэчээккэ таҕыста. Кинигэ сүрэхтэниитин муус устар 19 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатын историческай саалыгар П.Д. Аввакумов аатынан Киин библиотека тэрийэн ыытта.
«Норуоппут дьылҕата» кинигэни хомуйан оҥордулар Софрон Петрович кыргыттара Вера Софроновна уонна Любовь Софроновна Даниловалар. Аатыгар этиллэрин курдук, манна суруйааччы норуотун дьылҕатын туһунан санааларын сурукка түһэрэн хаалларбыт улахан нэһилиэстибэтинэн буолар. Бэлиэтээһиннэр бары да Софрон Петрович өр сылларга кэтээн көрүүтүгэр, сүрэх-быар ыарыыта оҥостубут темаларыгар сыһыаннаахтар.
Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов норуотун олоҕо-дьаһаҕа тупсарын, инники сайдыытын туһугар эппит этиилэрэ, саҥарбыт санаалара билигин да дириҥ суолталаахтар. Бу кэскиллээх этиилэрэ саха норуота саҥалыы толкуйдууругар көмөлөөх буолаллар.
Тэрээһиҥҥэ Софрон Петрович Данилов кыыһа Вера Данилова, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, саха народнай суруйааччылара Николай Лугинов, Семен Попов-Сэмэн Тумат, саха народнай поэта Наталья Харлампьева, «Айар» кинигэ кыһатын дириэктэри солбуйааччыта Валерий Луковцев, СӨ норуотут хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Эдуард Данилов, кыраайы үөрэтээччи Владимир Парфенов, юридическай наука доктора, Россия үтүөлээх юриһа, Россия прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Макар Яковлев, СӨ үөрэҕириитин сайдыытын уонна идэни үрдэтии институтун дириэктэрэ Ньургун Павлов, Мытаах нэһилиэгин баһылыга Иван Петров, Мытаахтааҕы музей- галерея түмэлин дириэктэрэ Артур Егоров, ХИФУ төрдүс кууруһун устудьуона, студеннар научнай уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Лукин кыттыыны ыллылар.
Саха норуотун чулуу уола үйэлэргэ умнуллуо суоҕа, кини хаалларбыт кэрэхсэбиллээх уонна үрдүк таһымнаах айымньылара, улахан суолталаах общественнай үлэтэ үтүө холобур, сирдьит сулус буола туруохтара.