Горнай улууһун Кэптинигэр бэҕэһээ волоконно-оптическай сибээс линията уонна LTE суотабай сибээс киирдэ. Олохтоохтору инновация миниистирэ Анатолий Семенов, баһылыктара Никита Андреев, Ростелеком «Сахателеком» филиалын салайааччыта Константин Войтеховскай уонна «Вымпел-Коммуникации» Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Вадим Пеньков эҕэрдэлээтилэр.
Горнай улууһа толору сыыппараҕа көспүт улууһунан ааттанна. Бары нэһилиэктэрэ ВОЛС-ка холбоннулар, ол иһигэр Орто-Сурт. Саҥа сибээс инфраструктурата GPON технологияҕа олоҕуран оҥоһулунна, онон түргэн интернетинэн, онлайн-сервистарынан хааччыйыаҕа.
«Нэһилиэк ыраах сытарынан бырайыагы киллэрии ыарахаттардаах буолла. Партнёрдарбытын «Ростелеком», «Вымпел-Коммуникации» уонна Горнай улууһун дьаһалтатын кытта сөптөөх быһаарыы ыллыбыт. Сибээс линията ыаллыы Бүлүү улууһуттан тардылынна. Кэптин уонна Орто-Сурт олохтоохторун кэтэһиилээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибин! Бу кэпсэтии, үөрэх, судаарыстыба өҥөлөрүгэр киирии, медиаконтент, социальнай соруктар, уо.д.а. Быйыл тиэмпэбитин өссө эбэн биэрдибит, төһө да ыарахаттар баалларын иһин, 3000-тан тахса км ВОЛС тардылынна», — диэтэ Анатолий Семенов.