23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

ГИБДД ким "техосмотры" ааһарын иһитиннэрдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ким, төһө болдьохтоох массыынатын техническай көрүүтүн аһардыахтааҕый? Кими, хаһан уонна хайдах массыына диагностыыр каартата суоҕун иһин буруйдуохтарын сөбүй? Ыйытыыларга Россия ИДьМ  Госавтоинспекциятын начаалынньыгын солбуйааччыта Владимир Кузин хоруйдаата, суруйар Российская газета.

Владимир Кузин быһаарбытынан, суолга куттал суох буолуутун сокуонугар олоҕуран, тырааныспардар техническэй көрүүнү ааһыахтаахтар. Сүрүн балаһыанньанан, көрүүнү ааспатах техника суолга тахсара бобуулаах.

«Техосмотр» сокуона ханнык тырааныспардар төһө болдьоҕунан көрүүнү ааһалларын быһаарар.

Көрүүнү ааспаттар: 3,5 туоннаны аһардыбат легковой, грузовой массыыналар, мототырааныспар. Балар оҥоһуллан тахсыбыттара 4 сыл иһинэн буолуохтаах.

Оттон оҥоһуллан тахсыбыт кэмиттэн 4 — 10 сыл ааспыт буоллаҕына — «техосмотру» иккилии сыл буола-буола ааһара булгуччулаах. 10 сылтан элбэх буоллаҕына — сылын аайы.
Чуолаан бу быһаарыыга көннөрүү киирбит. Ол эбэтэр өскөтүн легковой массыына уонна мототырааныспар тус сыалга эрэ туттуллар буоллахтарына — техосмотру олох да ааспаттар.
Таксиилыыр, пассажирдары таһар уонна тэрилтэ массыыналара — ааһаллар.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА