«Билиэккэ туттулла сылдьар докумуон ыйыллыахтаах. Онон, өскө билиэт эрдэ эргэ докумуонунан ылыллыбыт буоллаҕына, билиэккэ ыйыллыбыт докумуон нүөмэрин саҥаҕа уларытыахха наада. Маныаха, биир албас баар: өскөтүн сотору кэминэн пааспаргын уларытаары сылдьан, билиэт ыларга соруннаххына, тас дойдутааҥы (заграничный) пааспаргынан туһаныаххын сөп, маннык пааспарынан аҥардас Арассыыйа да иһинэн көтөр көҥүллэнэр», — диэн Саха сиринээҕи ГАВС пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Арай эдэр киһи билиэтин номнуо уларытаары сылдьар пааспарыгар атыыласпыт буоллаҕына, саҥа докумуонун ылан баран билиэтигэр ол нүөмэрин ыйыан наада. Ол гынан баран, докумуон солбуйар усулуобуйа хас биирдии авиахампаанньаҕа тус-туһунан диэн биэдэмистибэҕэ чопчулаатылар. Докумуону солбуйарга эбии төлөбүр, көрдүөхтэрин син.
«Маннык түгэҥҥэ, билиэккэ киирбит докумуону хайаан даҕаны уларытыахха наада. Холобур, биһиги авиахампаанньабыт бу өҥө иһин 1500 солкуобайы ылар. Маны таһынан, каасса эмиэ эбии төлөбүр көрдүөн син, ону чопчу уларытар кэмҥитигэр каассаҕа баран чопчулуугут», — диэн «Якутия» авиахмпаанньа пресс-сулууспата бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа чэпчэтиилээх айан билиэтинэн 23-гэр диэри саастаах эдэр дьон, 55-тэн үөһэ саастаах дьахталлар уонна 60-тан тахса саастаах эр дьон туһаныахтарын сөп. Маны таһынан, 2- тэн 11- гэр диэри саастаах оҕолорго эбии 25% чэпчэтии баар.