25 Сэтинньи 25.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Гаас уматыкка көһүөн баҕалаах массыыналаахтары субсидиянан өйүөхтэрэ

17:01, 02 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Инникитин гаас уматыкка көһүөн баҕалаах массыыналаахтары субсидиянан өйүөхтэрэ, массыына нолуогун чэпчэтиэхтэрэ. Бу туһунан алтынньы 30 күнүгэр промышленность уонна геология миниистирин э.т. Михаил Кириллин НВК «Саха» араадьыйатыгар быһа кэпсэтии кэмигэр эппитин туһунан ulus.media суруйар.


Михаил Кириллин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билигин массыына 5 эрэ бырыһыана гаас уматыгынан сүүрэрин эттэ.

«Убатыллыбыт углеводороднай гаас Саха сиригэр уонтан тахса сыл туттуллар. Сылын аайы туһанааччы ахсаана элбээн иһэр. Федеральнай министиэристибэ гаас уматыкка көһүөн баҕалаах дьону өйүүр туһунан бырагыраама оҥорбута. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэни федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэллэрин күүтэбит. Оччоҕо гаас уматыкка көһүөн баҕалаах массыына хаһаайыттарын судаарыстыбаннай субсиядинан өйүөхпүт», — диэтэ Михаил Кириллин.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 30 000 туонна гаас уматыга туттуллар, итинтэн 20 000-тын ЯТЭК, 10-нун “Сахатранснефтегаз” оҥорор. Гаас 90%-на массыына уматыгын быһыытынан туттуллар.

2030 сылга диэри 42 гаас сапараапкатын тутуу былааннанар. Маныаха Аллараа Бэстээххэ убатыллыбыт айылҕа гааһын оҥорор собуот бастакы уочаратын тутуута төһүү күүс буолуохтаах. Убатыллыбыт гааһы тырааныспар эрэ уматыгын курдук буолбакка, дьиэни ититиигэ эмиэ туһаныахха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА