Муус устар 27 эбэтэр 28 күнүгэр “Восточнай” космодромтан көтөрө былааннанар “Союз-2” ракета Бүлүү улууһун Үгүлээт территориятын үрдүнэн таарыйан ааһыахтаах. Ол иннинэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Петр Алексеев салайааччылаах бөлөх бэҕэһээ олохтоохтору кытта көрсүстэ.
Үгүлээт олохтоохторо долгуйууларын биллэрэллэр. Ол курдук кинилэр бэлиэтииллэринэн, 1958 сыллаахха көппүт ракета кэнниттэн сылга 16-лыы киһини ийэ буорун булларар буола сылдьыбыттар. “Билигин да балаһыанньа ыарахан, онкология ыарыылаах дьон элбээтэ. Рак ыарыыттан 2000-2015 сылларга 22 олохтон туораабыта, билигин 6 киһи ыарыылааҕа биллэр, төрүөҕүттэн доруобуйата мөлтөх туруктаах 12 киһилээхпит. Бастакы миэстэҕэ хаан ыарыыта, иккис хабах, үһүс сахарнай диабет ыарыылар тураллар», — диэн олохтоохтор айманнылар.
СӨ доруобуйатын харыстабылын миниистири солбуйааччы Лариса Вербицкая бөлөххө баар. Кини кэпсээбитинэн билигин Бүлүүгэ быраастар үлэлииллэр. “Онкология ыарыытыгар бэрэбиэркэ ыыппыппыт. Ситэ оҥоһуллубатаҕы ситэриэхпит. Быраас-лаборант хаан аналиһын ылаттыа. Генетик үлэлиир. Министиэристибэ Үгүлээт хас биирдии олохтооҕор доруобуйа пааспарын оҥоруо. Кэтээн көрүүнү тохтоло суох ыытыахпыт», — диэтэ. Кини салгыы ракета көппүтүн кэннэ тута өссө биирдэ олохтоохтортон иккистээн хаан аналиһын ылалларын туһунан иһитиннэрдэ.
Олохтоохтор бу төһө да киһиэхэ, айылҕаҕа буортуну оҥорбот ракета көтөн эрэрин эппиттэрин үрдүнэн, бэйэлэрин кыһалҕаларын аһаҕастык этиннилэр, соччо-бачча итэҕэйбэттэрин билиннилэр. Ол курдук, булдунан иитиллэн олорор норуот кэлэр өттүгэр материальнай охсууну ылыахтарын сөбүн этиннилэр. “Биһиги сир астыыбыт, балыктыыбыт, ону атыыга туруорабыт. Билигин ким да биһигиттэн атыылаһыа суоҕа», — диэтилэр.
“Эһиги этиигитин истэн Роскосмостары кытта дуогабар түһэрсэрбитигэр туһаайыылары оҥоруохпут. Ол иһин санааҕытын истэбит. Биир кэлим научнай чинчийиини ааста, экология, этнология өттүттэн экспертизаны барда, уопсастыбаннас уонна парламентскай истиилэр ыытылыннылар. Ракета тобоҕо буортута суох диэн быһаардылар. Ол гынан баран сэрэхэдийэрбит чуолкай. Ол иһин билигин айылҕа бары эттигин анализтаатыбыт. Ракета ааспытын кэннэ тэҥнээн көрүөхпүт, мониторинг хайаан да баар буолуо», — диэн Петр Алексеев быһаарда.
Оттон Роскосмос бэрэстэбиитэлэ Сергей Проничев бу ракета тобоҕор туох да кутталлаах эттик суоҕун эттэ. ““Союз-2” кыраһыынынан уонна салгынынан барар. Гептил курдук ыарахан дьаат туттуллубат», — диэн чопчулаан быһааран биэрдэ.
Билигин бөһүөлэккэ 634 киһи олорор.
Үгүлээттэр тугу туруорустулар:
1. Ракета тобоҕо түһэринэн Үгүлээти оһуобай зонаҕа киллэриини.
2. Босхо медицинскэй хамыыһыйаны тохтоло суох ыытыыны.
3. Ыалдьыбыт дьоҥҥо компенсация төлөнүүтүн.
4. Тыа хаһаайыстыбатын салаата оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын батарыыга хайаан да көмөлөһөллөрүн.
5. Оҕолорго сайыҥҥы өттүгэр соҕуруу эбэтэр Саха сиригэр чэпчэтиилээх сынньалаҥы тэрийэллэригэр, доруобуйаларын чэбдигирдэр оҕо лааҕырдарынан хааччыйалларыгар.
6. Маҕаһыын сыанатын хонтуруоллааһын, кыһыннары-сайыннары сибиэһэй оҕуруот аһынан, фруктанан хааччыйалларыгар.
7. Балыыһа, дьыссаат, оскуола, почта тутууларын, кулууп капитальнай өрөмүөнүн бастакы уочаракка киллэрэллэригэр эбэтэр үбүнэн, матырыйаалынан көмөлөһөллөрүгэр.
8. Үрдүк категориялаах медицина үлэһиттэринэн хаччыйалларыгар.
9. Эдэр специалистарга диэн элбэх квартиралаах дьиэ тутарга.
10. Сайыннары киини кытта сибээстиир айан суолун оҥороллоругар.
11. Дотациялаах авиарейстары хааччахтаабакка, нэһилиэнньэ наадыйарыттан көрөн хааччыйарга.
12. Атын сиргэ көрдөрүнэ барааччылары быраас направлениятынан быһа сылдьыыны хааччыйыы.