Бу суруйар кэммэр Томторго сибээс суох буолан, ыалдьыттар түһэр дьиэлэрин хаһаайынын кытта батсаабынан суруйсан кэпсэттим.
— Экстремал-турист Хаандыгаттан 8 күн айаннаан кэлбит. Күҥҥэ 50 км барар эбит. Хараҥардаҕына айанын тохтотон, балааккаҕа хоммутун кэпсээбитэ, — диэн суруйар Иван Заболоцкай. Биһиги кэпсэтэр кэммитигэр Ив сылайан утуйа сытар кэмэ түбэспитэ. Кэлээт, эбиэттээн баран, утуйан хаалбыт.
— Наһаа сылайбыт этэ. Утуйан туран саунаҕа баанньыктаныаҕа. Ол кэннэ кэпсэтээр, — диэн түмүктээбитэ Иван. Хомойуох иһин, французтуун киэһэ кэпсэтэр эмиэ кыаллыбата. Сибээс суоҕун курдук суох. Онон Иван Заболоцкайдыын салгыы эмиэ батсаабынан кэпсэттибит.
— Хайалаах сирдэри хайдах дабайбытый? Халтараана сүрдээх буолуо?
— Дьиҥ туруору хайалаах сирдэри хааман тахсар эбит. Ол эрээри сорох сиргэ трассаны тибэн, хаардаах сиргэ бэлэсипиэккэ ыарахан үһү. Үчүгэй күн-дьыл туран абыраабыт. -40 кыраадыска айанныыр үчүгэй эбит диир, — диэн суруйда.
Кэпсэтии кэннэ Иван Заболоцкай суунан-тараанан, сынньаммыт көрүҥнээх ыалдьытын хаартыскатын ыытта. Ив Шалуан бэркэ сэргэхсийбит көрүҥнээх. Буолумуна, сыалын ситтэ да ситтэ! Иван толору хааччыллыылаах гостиницатын француз олус сөбүлээбит.
Иван ыалдьыттара киэһэ аһылыктарын аһыы олорон, былааннарын кэпсэтэ олордохторуна түһэрэн ыытта. Ив «Халыма» трассатынан айаннаан истэҕинэ кэргэнэ кини иннигэр массыынанан айаннаан испит.
Бүгүн француз туриһа Өймөкөөн нэһилиэгэр айанныыр. Аан дойдуга аатырбыт Тымныы оҕуһун стелатын аттыгар тиийэн, хайаан да хаартыскаҕа түһүөн наада буоллаҕа. Оччотугар эрэ экстремал-турист Ив Шалуан Тымныы полюһугар сылдьыбытынан ааҕыллара чахчы.