«Дьоҕус уонна орто предпринимательство» национальнай бырайыагынан Саха сирин фермердэригэр уонна кээпэрэтииптэригэр бу сылга көрүллүбүт үп — 182,8 мөл солк. ТАСС-ка регионнааҕы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«182,8 мөл солк регионнааҕы уонна федеральнайдааҕы бюджеттартан көрүлүннэ. «Агростартап» куонкуруска, субсидияҕа уонна кээпэрэтииптэр ороскуоттарын сабыыга, фермердэргэ бары хайысхаҕа көмө буолар ресурснай киини үлэлэтиигэ тыырылынна», — министиэристибэ бэрэстэбиитэлэ эттэ.
Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, билигин көрүллүбүт үптэн 120 мөл солк (66%) сыалынан туттулунна. Сэтинньигэ барыта толоруллар.
««Агростартапка» 240 сайаапка уопсайа 800 мөл солк суумаҕа киирбитэ, онтон 158 үлэ куонкуруска кыттыыга аһардыллыбыта. Бырайыактары көмүскээһин кэнниттэн 34 киһи граны ылары ситиспитэ. Барыларын кытта сөбүлэҥ суруллан, уопсайа 115,7 мөл солк көрүллүбүтэ. Үп тустаахтар счеттарыгар түһэриллибитэ», — диэн эттилэр.