Эстрада тыйаатырыгар Юрий Платонов аата иҥэрилиннэ

Эстрада тыйаатырыгар РСФСР үтүөлээх артыыһа Юрий Егорович Платонов аата иҥэрилиннэ. Тустаах уурааҕы Ил Дархан Айсен Николаев баттаата.


Юрий Платонов аатын тыйаатырга иҥэрэри олохтоох айар кэлэктиип бэйэтэ көҕүлээбит.

Юрий Егорович киэҥ эйгэҕэ нуучча композитордарын, саха мелодистарын, норуот ырыаларын толорорунан биллибит артыыс. Артыыс дойдутун кэрэтин туһунан ыллыыра. Кини репертуарыгар табаһыттар, балыксыттар, булчуттар, тыа сирин туруу үлэһит дьонун туһунан ырыалар, бастакы хаһаахтарга анаммыт бэйэтин хоһоонноругар ырыалар бааллара. Кини Саха сиринэн эрэ буолбакка ССРС куораттарынан эмиэ гастроллаабыт.

This post was published on 12.02.2021 17:03 17:03