28 Ахсынньы 28.12
  • -43°
  • $ 100,53
  • 105,95

Эрдэҕэс саастаах оҕолору үлэнэн хааччыйыыга анаммыт сүлүөт сыалын ситэр

16:11, 24 декабря
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ахсынньы 23  күнүгэр Дьокуускай куоракка  «Росподрос»  эрдэҕэс саастаах оҕолорго аналлаах эрэгийиэннээҕи иккис сүлүөтэ саҕаланна.

Сүлүөт саҕаланыан иннинэ СӨ оҕо быраабын көмүскүүр  боломуочунай Туяра Валерьевна Васильева санаатын үллэһиннэ:

— Бу өрөспүүбүлүкэҕэ эрдэҕэс саастаах оҕолорго анаан номнуо иккис сүлүөппүт ыытыллар. Быйылгы тэрээһиммит тиэмэтэ — оҕолору үлэнэн хааччыйыы. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ манна уопсайа 40 оҕо кыттыыны ылар, ону сэргэ бу бириэмэҕэ өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар  эмиэ сүлүөттэр ыытылла тураллар. Улуустарга нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтэ тэрийэ сылдьар. Оҕолор үлэҕэ киириилэригэр туох кыһалҕаны көрсөллөрүн, ханнык кыһалҕа быһаарылларын туһунан кэпсэтии барар. Сүлүөт түмүгүнэн идиэйэлэрдээх атлас оҥоһуллуохтаах. Оттон бу идиэйэлэри биһиги бүгүн оҕолортон истиэхпит.

Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА