«Эпиваккорон» вакцина дозатын улахан чааһа маассаҕа ахсынньыга таһаарыллара былааннанар. Ол туһунан «Вектор» научнай киин гендириэктэрэ Ринат Максютов Science Bar Hopping онлайн-бэстибээл кэмигэр эттэ.
«35 тыһ. доза вакцина оҥоһулунна, сыл бүтүөр диэри 50 тыһ тириэрдиэхпит. 5 тыһ кэриҥэ доза <…> клиническай чинчийиигэ барда, атына маассаҕа таһаарыллыа, — диэтэ кини. — Ахсынньыга күүтэбит».
Максютов эппитинэн, бастакы серия доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр ахсынньы 7-8 күннэригэр киириэҕэ.
«Вектор» киин от ыйын 24 күнүгэр РФ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин көҥүлүн ылбыта. Онон баҕалаахтарга вакцинаны туруорбута. Ол балаҕан ыйын 30 күнүгэр түмүктэммитэ. Владимир Путин алтынньы 14 күнүгэр вакцина регистрационнай дастабырыанньаны ылбытын иһитиннэрбитэ. РФ доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ салгыы сэтинньи 16 күнүгэр «Эпиваккорон» вакцинаны 150 баҕалаахха 60 саастарытан үөһэ уонна сэтинньи 18 күнүгэр 3000 дозаны — 18-тан үөһэ биэрэри көҥүллээбитэ.