Эмтээх оттору хомуйуу кэмэ саҕаланна

Саха сирин экологията эмтээх отторунан туттууну көҥүллүүр. Ыраас айылҕалаах дэнэбит. Ыам ыйа буолла, ол аата оттору хомуйуу саҕаланна дииллэр, анаан дьарыктанааччылар.


Дьыл хайдах иһэриттэн кэтээн көрөн, үүнээйилэри хомуйабыт. Ол эбэтэр
саас эрдэ кэллэҕинэ, от мас тыллыыта эмиэ эрдэлиир, хойуутаатаҕына хойутуур. Ити
нэдиэлэ иһинэн-таһынан буолар, диэтилэр эмтээх оту хомуйуунан дьарыктанааччылар.

Эмтээх үүнээйини хомуйуу күнүн-дьылын маннык араараллар:

Отон сэбирдэҕэ — ыам ыйын 10-15 уонна 20-22 күннэрэ.

Хатыҥ уута — ыам ыйын 16-18 күннэрэ.

Ньургуһун — ыам ыйын 23-27 күннэрэ.

Хатыҥ сэбирдэҕэ — ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри.

Үөрэ ото — бэс ыйын 8 күнүтэн от ыйын 1 күнүгэр диэри.

Хаас ото — от ыйын 2-3 күннэрэ.

Оҕонньор ото — от ыйын 7-9 күннэрэ.

Бохсурҕан — от ыйа, атырдьах ыйа.

Харыйа от — от ыйын 11 — 12 уонна атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ.

Тимэх от — от ыйын 20 — 24 күннэрэ.

Кучу от — от ыйын 15-20 күннэрэ.

This post was published on 11.05.2021 18:01 18:01