Саха сиринээҕи доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ саҥа 26 ИВЛ аппараатын атыылаһар. Аппарааттар регион медицинатын тэрилтэлэригэр ананыахтара. Ол туһунан тустаах миниистир Елена Борисова иһитиннэрдэ.
«Өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар билигин 361 ИВЛ аппараата баар. Онно эбии бюджеттан уонна туораттан киирбит көмө харчынан 26 аппарааты атыылаһабыт», — диэтэ миниистир Елена Борисова.
«13 аппараат: Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһаҕа – 7 ед., Оҕо инфекционнай клиническай балыыһатыгар – 2, Нерюнгритааҕы, Алданнааҕы, Бүлүүтээҕи уона Намнааҕы киин балыыһаларга – биирдии. Бу балар бюджет суотугар ылылыннылар», — биэдэмистибэ салайааччыта быһаарда.
«Маны сэргэ, үс аппараат уонна атын аналлаах оборудование ЯТЭК суотугар (50 мөл солк) өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһаҕа анаан ылылынна. Өссө 10 ИВЛ аппараата уонна туһааннаах оборудование Саха сирин медицинатын тэрилтэлэригэр анаан 45 мөл атыылаһыллар. Үбүлээһини «Индрайвер» уонна «Майтона» хампаанньалар, Арсен Томскай уонна бырааттыы Ушницкайдар оҥордулар. Бары оборудование коронавирус инфекциятын кытта охсуһууга туһуланар», — диэтэ Елена Борисова.
«Медоборудованиеҕа уонна эмкэ дефицит суох. Нэһилиэнньэни самоизоляция эрэһиимин тутуһаргытыгар ыҥырабын. Дьиэҕитигэр төһө кыалларынан хаала сатааҥ. Бу вирус тарҕаныытын тохтотууга көмөлөөх буолуоҕа», — диэтэ миниистир.