Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 72 киһи коронавируска хаптарда, сүүс киһи сыстыганнаах дьаҥтан үтүөрэн балыыһаттан таҕыста. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова брифиҥҥэ эттэ, суруйар СИА.
«Дьокуускайга — 64, үстүү Алдан уонна Нам улуустарыгар, икки Мииринэйгэ ыарыы эбиллибитэ бэлиэтэннэ. Стационарнай уонна амбулаторнай эмтэниини тыһыынчаттан тахса киһи ылар. Ыалдьыбыт дьон ахсааныттан 40 бырыһыана — оҕо. Кинилэр ыарыыны сибикитэ суох аһардаллар эрээри, инфекцияны тарҕатааччыларынан буолуохтарын сөп», —диэтэ Елена Борисова.
Саха сиригэр бэс ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, 2380 киһи коронавирустаабыта бэлиэтэнэр.
Миниистир эппитинэн, 12 киһи суорума суолланна.
Ааспыт сууккаҕа 100 киһи үтүөрэн балыыһаттан таҕыста.
Эпидемияны утары охсуһууга ылыллыбыт миэрэлэр салгыы үлэлииллэр. Ити барыта коронавирус дьаҥа салгыы тарҕамматыгар туһуланар.