Элбэх оҕолоохторго уонна инбэлииттэргэ эбии өйөбүл баар буолуо

Өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Александр Дружинин социальнай эйгэҕэ анаммыт мунньахха икки уураах ылыллыбытын эттэ. Бастакыта, социальнай көрүү-харайыы сокуонугар кэккэ уларыйыылар киирбиттэр, иккиһэ 10 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ ананар.


«Мантан ыла инбэлииттэргэ, инбэлиит оҕолорго уонна кинилэри арыаллааччыларга стационарнай уонна стационарнай аҥаардаах систиэмэҕэ хааччыйыы босхо оҥоһуллар», — диэтэ миниистир.

Бастакы бөлөххө киирсэр инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэҕэ баар киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ босхо олорор уонна аһыыр кыахтаналлар.

«Иккис уураах туһунан этэр буоллахха, 10 уонна отнон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ олорор дьиэни өлүүлээн тутууга эбэтэр дьиэ тутталларыгар социальнай төлөбүр бэриллэр», — диэтэ Александр Дружинин.

Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ маннык алта дьиэ кэргэн баара биллэр. 2017 сылга итинтэн үһэ олорор дьиэнэн хаччыллыахтара. Оҥоһуллар төлөбүр кээмэйэ 2,5-тэн 3,3 мөл.солк. диэри халбаҥныыр.

This post was published on 29.07.2016 15:11 15:11