2024 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бюджетыттан 119 элбэх оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйыыга 500 мөл солк көрүллэр. Ол туһунан тутуу министиэристибэтигэр эттилэр.
2012 — 2023 сылларга Саха сиригэр олорор дьиэлэрин 600 элбэх оҕолоох ыал тупсарынна. Олохтоох салайыныылар 13 222 сир учаастагын биэрдилэр, ити уопсайа 1 700,4 га.
8 381 учаастак электрификациялаах, 4 260 участак — гаастаах. Бу сыалга быйыл 352,7 мөл солк көрүлүннэ. 2025 сылга 247,2 мөл солк былааннанар.
2025 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 929 учаастагы электричество уотунан хааччыйыахтаахтар, гааһынан – 785 учаастагы, сылааһынан – 54 учаастагы.