17 Балаҕан ыйа 17.09
  • -2°
  • $ 91,14
  • 101,28

Элбэх оҕолоох ыаллар 2030 сылга диэри 450 тыһ солк ылар буоллулар

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
РФ бырабыыталыстыбата от ыйын 31 күнүгэр элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар эбии төлөбүрү биэрэрин өссө 7 сылга уһатан биэрдэ. Премьер-миниистир Михаил Мишустин уураахха илии баттаата, диэн суруйар “Российская газета” хаһыат.

Ол эбэтэр 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2030 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт ыаллар 450 тыһ. солк. ылар кыахтаннылар. Кирэдьиит дуогабара 2031 сыл от ыйыгар диэри оҥоһуллуохтаах.

“Бу көмөнү туһанан элбэх оҕолоох ыаллар саҥа дьиэлэргэ, кыбартыыраларга көһүөхтэрэ, олорор сирдэрин тупсарыахтара. Элбэх оҕолоох ыалы өйөөһүн, бу биһиги бырабыыталыстыбабыт күөҥҥэ тутар үлэтэ”, — диэтэ Михаил Мишустин, суруйда Саха сирэ саайта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА