Владимир Путин Россия олохтоохторугар бүтэһик ыҥырыытыгар 16 саастарын туола илик оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх төлөбүр туһунан иһитиннэрдэ. Бэс ыйынааҕы төлөбүр элбэх оҕолоох ыалларга эбии көмө буолбутун туһунан СИА-ҕа Гороховтар дьиэ кэргэн эттилэр.
Гороховтар үс оҕолоохтор: уоллара – 10 саастаах, кыргыттара – үстээх, иккилээх. Аҕалара инженер-тутааччы, ийэлэрэ — библиотекарь. «Эбии көмө буолла. Улахан бассейн ыллыбыт, бу итии сайыҥҥа олус туһалаах. Самоизоляция кэмигэр ханна да барбакка эбээ-эһээ тиэргэнигэр сөтүөлүөххэ сөп эбит диэн буоллулар оҕолор. Өссө бэлэсипиэт ылбыппыт», — диэтэ ийэлэрэ Марина Горохова.
Бэлиэтиир эбит буоллахха, 3-гэр диэри уонна 3-тэн 16-гар диэри саастаах оҕолорго көрүллүбүт төлөбүрү ылбыт төрөппүттэр эбии сайабылыанньа суруйбаттар. Биэнсийэ пуондатын чахчытынан төлөбүр каартаҕа түһэр.
Оттон босуобуйаны ыла иликтэр сайабылыанньаҕытын алтынньы 1 күнүгэр диэри тиксэриэхтээххит. Докумуон тигистэ да, тута анаммыт төлөбүрү барытын ылаҕыт.
Пандемия кэмигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри Россия президенэ Владимир Путин өйүүргэ биллэрбитэ. Кини муус устар — бэс ыйа кэрчик кэмҥэ 3-гэр диэри саастаах оҕолорго 5000 солк биэрэргэ сорудахтаабыта. Оттон 3 сааһыттан 16-гар диэри — 10000 солк.
Бэс ыйын 23 күнүнээҕи этиитигэр Путин 16-гар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 10000 солк көрөр туһунан бырабыыталыстыбаҕа эттэ.
Премьер Михаил Мишустин бу сыалга 270 млрд тахса солк харчы көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ.