22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Элбэх оҕолоох төрөппүттэр тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтарын сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Элбэх оҕолоох төрөппүттэри тырааныспар нолуогуттан босхолуур туһунан сокуон барылын ЛДПР дьокутааттара (үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ярослав Нилов салайыытынан) Госдуумаҕа киллэрдилэр. Бу сокуон барылын Госдуумаҕа ылыннахтарына, үстэн элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох дьиэ кэргэттэр тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтарын сөп.

Сокуон барыла РФ Нолуокка кодексыгар уларыйыылары киллэрэр. Ол чэритинэн, 150 ат күүстээх двигателлээх массыыналаах төрөппүттэр нолуоктан босхолонуохтарын сөп. Ирдэбилэ — дьиэ кэргэҥҥэ үстэн элбэх оҕо сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар. Маны тэҥэ, сокуоннай сааһын ситэ илик саастаах оҕотун (оҕолорун) соҕотох иитэр аҥаардас төрөппүт эмиэ нолуоктан босхолонуохтаах диэн сокуон барылыгар этиллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ сорох эрэгийиэннэргэ биэнсийэлээхтэри, инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэри тырааныспар нолуогуттан босхолуур чэпчэтиилэр бааллар.

Бу миэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна аҥаардас төрөппүттэргэ көмөлөһөр сыаллаах.

Ангелина Васильева, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА