15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Элбэх киһини сүһүрдүбүт "Нарыйаана" үлэтин сөргүтэргэ бэлэмнэнэр

15:18, 16 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Нарыйаана» кондитерскай сыах бородууксуйатынан дьону сүһүрдэн сабылла сылдьабыта уонна сотору кэминэн үлэтин сөргүтэргэ бэлэмнэнэр. Ити туһунан доруобай аһылык күнүгэр анаммыт пресс-конференцияҕа Роспотребнадзор управлениетыттан иһитиннэрдилэр.


Былырыын «Нарыйаана» сыах мүөттээх тордун атыылаһан сиэн 65 киһи сүһүрбүтэ. Ыытыллыбыт бэрэбиэркэ тортарга стафилаккок баарын быһаарбыта.

Быһылаан кэнниттэн холбуобунай дьыала тэриллибитэ, сыах үлэтэ 90 күҥҥэ тохтотуллубута, 50,5 тыһ. солк. ыстарааптаммыта.

«Билигин сыах салалтата технологическай оборудованиелары туруорар, саҥа миэстэҕэ үлэтин саҕалыыр соруктаах«, — диэн Роспотребнадзор отделын начальнигын солбуйааччы Маргарита Корнилова  иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, астан-үөлтэн дьон сүһүрүүтэ «Нарыйаанаҕа» эрэ буолбатах. Соторутааҥҥыта дьон Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатын бородууксуйатыгар көстүбүт сальмонеллаттан эмсэҕэлээбитэ.

Управление былырыын 56 производственнай сыаҕы, дьон-сэргэ мустан аһыыр 170 тэрилтэтин, 344 атыы эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээбитэ. Ити түмүгэр 5 мөл.солк. суумалаах 792 ыстараап олохтоммута. Суукка 222 административнай матырыйаал киирбитэ уонна 59 атыы-эргиэн, аһылык тэрилтэлэрин үлэлэрин тохтоппуттара.

Сүрүннээн санитарно-эпидемиологическэй ирдэбиллэр, Таможня сойууһун ирдэбиллэр тутуһуллубаттар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова