23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Экспертэр 2023 сылга уоппусканы ханнык кэмҥэ ылар барыстааҕын кэпсээтилэр

16:33, 01 сентября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэлэр сылга уоппусканы, үп- харчы өттүнэн көрдөххө, кулун тутарга, атырдьах ыйыгар эбэтэр алтынньыга ылар барыстаах, диэн РИА Новости-га иһитиннэрэр уонна чинчийэр киин салайааччыта Наталья Голованова кэпсээтэ.

«2023 сылга үлэлээбэт күннэри барытын билэр буолан,  нэдиэлэҕэ 40 чаас үлэлиир киһи уоппусканы ханнык ыйдарга ылара ордугун чопчу этиэхпитин сөп. Бу кулун тутар, атырдьах ыйа эбэтэр алтынньы. Арыый үчүгэй — бэс ыйа, от ыйа, балаҕан ыйа, сэтинньи, ахсынньы», — диэтэ.

Логика маннык: ыйга төһөнөн үлэ күнэ элбэх да, соччонон туһалаах.

«Атырдьах ыйыгар үлэ күнэ 23, оттон кулун тутар уонна алтынньы — 22. Биир күн орто хамнаска төлөбүр биир үлэлээбит күнүнээҕэр быдан үрдүк буолуоҕа, — диэтэ Голованова. — Онон, үөһэ ыйыллыбыты туһаннаххытына уоппускаҕа бараргытыгар үп-харчы өттүнэн сүтэрэргит хамнаһы кытта тэҥнээтэххэ, суох эбэтэр олох кыра буолуоҕа».

РФ бырабыыталыстыбата 2023 с. маннык өрөбүл күннэри көһөрөргө быһаарыы ылынна: баскыһыанньа тохсунньу 1 күнүттэн бээтинсэҕэ, олунньу 24 күнүгэр, баскыһыанньаттан тохсунньу 8 күнүн бэнидиэнньиккэ ыам ыйын 8 күнүгэр. Биэс хонуктаах үлэ нэдиэлэлээх үлэһиттэр 2022 сыл ахсынньы 31 күнүттэн 2023 сыл тохсунньу 8 күнүгэр диэри, олунньу 23-26 күннэригэр, кулун тутар 8 күнүгэр, муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри, ыам ыйын 6-9күннэригэр, бэс ыйын 10-12 күннэригэр, сэтинньи 4- 6-с күннэригэр сынньаныахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар