Тохсунньу 1 күнүттэн Россия сорох олохтоохторун хамнаһа үрдүөҕэ. Дохуоттара МРОТка сибээстээх дьон, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар уонна атын категориялар.
Хамнас үрдүүрүн туһунан «Прайм»-ҥа Г.В. Плеханов аатынан РЭУ РФ атыы-промышленнай палаататын «Управление человеческими ресурсами» кафедратын доцена Людмила Иванова-Швец кэпсээтэ. Кини эппитинэн, МРОТ саҥа дьылтан үрдүүр, онон бастатан туран хамнастара бу көрдөрүүнү кытта сибээстээхтэр хамнастара үрдүөҕэ.
Үлэ кодексыгар олоҕуран, потребительскай сыана табаарга уонна өҥөҕө улааппытынан хамнас индексацияланыахтаах.
«Ити эрээри олоххо көстөрүнэн, хамнас хаһан уонна хаһынан индексацияланарын үлэни биэрээччи быһаарар. Бастатан туран, ити тэрилтэ харчытын туругуттан тутулуктаах», — диэтэ экономист.
Маны сэргэ, индексация судаарыстыбаннай секторга үлэлээччилэри эмиэ күүтэр. Коммерческай структураларга индексация араастык барар. Сылын аайы инфляция таһымыттан үөһэ эбиллии, быраабыла быһыытынан, ньиэп-гаас секторыгар, металлургияҕа, баан эйгэтигэр үлэлээччилэргэ оҥоһуллар. «Индексация бэрээдэгин тэрилтэ бэйэтэ быһаарар. Буоларын курдук тохсунньу 1 күнүттэн саҕаламмат, арыый хойутуу, сыллааҕы харчы билиннэҕинэ быһаарыллар. Буоларын курдук кулун тутар — муус устар ыйдарга», — диэтэ эксперт.