Экология министиэристибэтэ Кэбээйигэ уу киртийиитин бэрэбиэркэлиир

НВК САХА — Кэбээйи улууһугар Порфировай үрэх уонна Сирилэндьэ өрүс ырааһын СӨ Экологияҕа министиэристибэтин инспектордара балаҕан ыйын 16 күнүгэр бэрэбиэркэлээтилэр. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


«Өрүстэн уонна үрэхтэн ууну боруобаҕа ыллыбыт. Уу хаачыстыбатын уонна төһө киртийбитин быһаараары Дьокуускайга лабораторияҕы ыыттыбыт», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

«Прогноз» хампаанньа ууну киртиттэ диэн Сэбээн Күөл нэһилиэгин олохтоохторун видеота тахсыбыта. Онно олоҕуран бэрэбиэркэ ыытылынна. Рейдэҕэ олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ, «Прогноз» хампаанньа үлэһиттэрэ кытыннылар.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 20.09.2019 16:04 16:04