Оройуоттар баһылыктара предпринимателлэри кытта куруук кэпсэтиэхтээхтэр. Ол туһунан Хаҥалас улууһун баһылыгын сүрүннүүр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Яковлева эттэ, суруйар СИА.
«Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеевтыын биир сыалга кэлэн, бэйэ-бэйэбитин олус үчүгэйдик истэбит. Тэҥҥэ үлэлээн, бизнеһи өйүүргэ элбэҕи быһаарабыт. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин оҥорон таһаарааччыларыгар сири биэрии. Биһиэхэ туризм үчүгэйдик сайдар. Улуус баһылыктара предпринимателлэри истиэхтээхтэр. Ханнык баҕарар боппуруос быһаарыллыахтаах», — диэтэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүрүннүүр сэбиэтин мунньаҕар Арктикаҕа регистрациялаах дьоҕус предпринимательство субъектарыгар электроннай цифровой илии баттааһын оҥорторуутун судургутутарга этилиннэ. Маны сэргэ олохтоох салайыныылар уоргаттарын кытта социальнай суолталаах табаар испииһэгэ муҥутуурдук сааһыланара наадата этилиннэ.